«Олох айар суола» быыстапка
Ахсынньы ый 4 күнүгэр Егор Афанасьевич Борисов быыставката турда. Судаарыстыба уонна бэлиитикэ диэйэтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнэ (2010 сыл бэс ыйын 17-ис күнүттэн), Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана (2014 сыл балаҕан ыйын 27-ис күнүттэн — 2018 сыл ыам ыйын 28 күнүгэр диэри). Билигин Федерация Сэбиэтигэр дойдуга Өрөспүүбүлүкэ интэриэстэрин көмүскээн, Саха сирин уонна Бүтүн Арассыыйа тускулугар үлэлии-хамсыы сылдьар.





