Муниципальное казенное учреждение культуры

Ожулунская модельная библиотека филиал №10

РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Дябыла, ул. Карла Маркса, 23

Сэтинньи – Байанай ыйа

Ый бэлиэлэрэ

Таҥарата: Байанай. Ойуута: ох.

Суолтата: сатабыл.

Тыла: һук.

Сулуһа: Кэһэх Сулус.

Бухатыыра: Тамаллаайы Бэргэн.

Куота: Нуоралдьын Куо. Мала: хойгуо.

Тыаһа: хобо.

Үүнээйитэ: долохоно.

Көтөрө: улар.

Кыыла: киис.

Аһа: хаан.

Түөлбэ тылыгар

Күн киирэр ыйа; күн түһэр ыйа; күөл суокурун ыйа; оноҕос ыйа; сатыы тымныы түһэр ыйа; хайах сиир ый; хараҥа күн ыйа.

Таҥарата

Байанай – тыа, ойуур, көтөр–сүүрэр таҥарата. Айыы үөрэҕэ этэринэн, Байанай сэтинньи ыйга дьоҥҥо чугаһыыр. Байанайы биһиги өбүгэлэрбит олус үөрүнньэҥ, кэһии биэрэр оҕонньор курдук саныыллара. Байанай таҥаралаах киһи сылыктаан толкуйдуур, бэйэтин кыаҕар эрэнимтиэ буолар. Тугу эмэни ылсыбыт буоллаҕына, толоруор диэри эппэт. Кини сүрүн болҕомтотун булуу-талыы дьоҕуругар хатыыр.

Күн-дьыл билгэтэ

Сэтинньигэ түүмэх түһэн барар. Түүмэх диэн син биир кыраһа курдук. Уу паара тоҥон, хаар буолар уонна сиргэ түһэр. Түүмэх, үксүгэр, былыта суох буолар. Эһиилги сыл хайдах буолуон түүмэҕинэн билэллэр. Түүмэх элбэх буоллаҕына — өҥ дьылы, түүмэх аҕыйах буоллаҕына, курааны күүтэллэр.

Ый ортотугар (14 күн) сылаас таҥаһы кэтэр күн. Халлаан тымныйар. Киһи кыһыҥҥы таҥаһын кэтэр.

Ый бүтүүтэ сэргэ төбөтө сэтэриччи тоҥор тымныыта түһэр. Бу өссө аам-даам буолбатах (ол ахсынньы 10-тан саҕаланыа). Күн сиэлиинэн күрэнэн иһэр. Хараҥа улаата турар.

Сэтинньигэ кыһын хайдах буолуон, саас хойутуон дуу, эрдэлиэн дуу, быһаараллар. Сэтинньи тибиитэ элбээтэҕинэ үс буолар, оччоҕо саас тоҕус тибин түһэр. Бу түбэлтэҕэ өҥ дьылы күүтэллэр. Сэтинньи ыйы ыам ыйа батыһар.

Суолтата

Сэтинньи  аһа элбэҕинэн уратыланар. Кыһын кэлиитэ идэһэлэнэллэр, муҥхалыыллар, тайахтыыллар, мас көтөрдүүллэр. Бу ас-үөл элбэх кэмигэр элбэхтик уруулар буолаллар, малааһыннар тэриллэллэр. Онон саха олоҕор бу улахан суолталаах ый – ас-үөл элбиир, кыһыҥҥы хаһаас халыҥыыр. Кыстыгы этэҥҥэ туоруурга бэлэмнэнэллэр.

Бу ыйга ыалларга, аймахтарга сылдьан ыалдьыттаһан баран, кэһиилэнии үгэһэ тарҕаммыт. Булчуттар көрсүһэн, көмүлүөк тула сэһэргэһэллэр. Дьахталлар мустан иистэнэллэр, кыргыттары иискэ үөрэтэллэр.    Сэтинньи үксэ добдурҕа кэмигэр сөп түбэһэр. Добдурҕа диэн уу, бадараан тоҥор, хаар чараас кэмэ. Онон мэһэй суох буолан, киһи ханна баҕарар тиийэр.

 Байанай ыйыгар төрөөбүт оҕолор ааттара:

1,2 күн– Байанай, Уйгуун

3,4 күн – Барылан, Айталыына.

5,6 күн– Байдам, Барахсаана.

7,8 күн– Дэлэгэй, Далбаара.

9,10 күн– Саргын, Хаачылаана.

11,12 күн– Сулустаан, Харыстаана.

13,14 күн– Талбан, Тускулаана.

15,16 күн– Уххан, Сахаайа.

17,18 күн– Добун, Нарыйа.

19,20 күн– Дабыл, Байаана.

21,22 күн– Айтал, Мичийэ.

23,24 күн– Байан, Айыына.

25,26 күн– Дархан, Ньургустаана.

27,28 күн– Кэрэмэн, Санаайа.

29,30 күн– Айаал, Күбэйэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *