Муниципальное бюджетное учреждение культуры

Ожулунская модельная библиотека филиал №10

РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Дябыла, ул. Карла Маркса, 23

Ыам ыйын 15 күнэ – Аан дойдутааҕы «Дьиэ кэргэн» күнэ.

2024 сыл Арассыыйаҕа «Дьиэ кэргэн» сыла, саха итэҕэлинэн, Айыыһыт сыла — дьиэ кэргэн, таптал айыыта. Дьиэ кэргэн. Мэлдьи сылаас оһохтоох, итии чэйдээх алаһа дьиэ – киһиэхэ саамай күндүтэ буолар. Дьиэ кэргэн диэн киһиэхэ саамай таптыыр, харыстыыр, холобур буолар, киэн туттар, кыһанар, саамай олох үтүөтүн, кэрэтин баҕарар истиҥ-иһирэх дьоммут буолаллар.

Чуолааан, Дьиэ кэргэнтэн биһиги олох сыаннастарыгар – таптал истиҥ иэйиитигэр, эппиэтинэстээх буолууга, бэйэ-бэйэни убаастыырга, кырдьаҕаһы ытыктыырга, төрөппүккэ, төрөөбүт дойдуга тапталга, үтүө санааҕа, аһыныгас буолууга, үлэни-үөрэҕи, өркөн өйү, чөл олоҕу, чэгиэн-чэбдик буолууну өрө тутарга иитиллэн-такайыллан тахсабыт. Биир Улуу суруйааччы “Дьиҥнээх дьол диэн, сылаас дьиэлээх, дьиэ кэргэннээх, чугас таптыыр дьонноох буолуу» диэн бэргэнник эппитэ.

Дьиэ кэргэн туһунан таабырынна таай:

1. Күнүһүн үлэлээх, киэһэтин түбуктээх ?

2. Сүгэлээх, эрбиилээх, күрдьэхтээх – ким ыарахан үлэни толорор?

3. Ийэттэн ураты биһигини ким өссө таптыырый? Бэрэски буһарар, алаадьы астыыр?

4. Илиитэ чэрдээх, маҥан бытыктаах уонна баттахтаах, сылаастык сыллаан ылар, ким баарый биһиэхэ?

5. Мин курдук кини эмиэ ийэ, аҕа оҕото ?

Эппиэттэрэ: 1. Ийэ 2.Аҕа 3. Эбээ 4. Эһээ 5. Эдьиий, балыс, убаай, быраат

Дьиэ кэргэн туһунан өс хоһооннор:

Аҕатын туйаҕын хатарыах барахсан.

Ийэ-аҕа санаата – оҕоҕо, оҕо санаата – тааска.

Кыыс — омук анала.

Оҕолоох ыалтан оннооҕор уот иччитэ үөрэр.

Ойуурдаах куобах охтон биэрбэт, дьонноох киһи өлөн биэрбэт.

Уол оҕо төрөөтөҕүнэ суор үөрэр, кыыс оҕо төрөөтөҕүнэ ыт үөрэр.

Ийэ

Ийэ буолуу — истиҥ иэйии,

Ийэ буолуу — чэбдик санаа,

Ийэ буолуу — чэнчис олох,

Ийэ буолуу — чэгиэн турук.

Аҕа

Аҕа дойдуга — улуу иэс,

Аҕа буолар — ытык чиэс,

Дьиэ кэргэн тирэҕэ,

Дьол чүөмпэтин далаһата.

Эбэбит

Күннээҕэр да сылаас,

Күнүскүтээҕэр да сырдык,

Олохпут эрэллээх суолдьута,

Оттомноох истиҥ доҕорбут,

Олус күндү эрэлбит — Эбэбит,

Сэргэстэһэ сылдьан өрүү

Сэҥээрэ, сэмэлии, эйэргии,

Сэһэргии, быһаара, өйдөтө,

Сиэннэргиттэн дьоллоно,

Сэгэрдэргиттэн дуоһуйа

Одун дьоһун олоххун

Олор дуу, уһуннук диэн

Көрдөһөбүн эйигиттэн,

Күбэй кэрэ киһибиттэн.

Оҕобут

Олохпут сиэдэрэй уйгута,

Оҕо буолар

Олоххо угуйар уран уус.

Оҕобут буолар

Олоххо уһуйар үтүө Учуутал.

Оҕонон салҕанар

Олохпут инники кэрдииһэ.

Оҕобут буолар

Олохпут оҥкулун туоһута.

Оҕобутун Улуу Айыы сүдү бэлэҕин,

Олохпут Күн сылааһын илгэтин,

Уйгулаах айылҕабыт кэрэтин

Уйаннык ситэр, сайдар аартыгын

Уран тапталынан арчылыыр,

Улахан олоххо алгыстыыр

Уус түһүлгэтэ —

Ийэ, Аҕа алаһа кыһата.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *