Саҥа сылга- саҥа кинигэлэр оҕолорго
Күндү төрөппүттэр, эбээлэр, эһээлэр уонна иитээччилэр кырачаан оҕолорбутугар, алын кылаас оҕолоругар аналлаах сабыс-саҥа буруолуу сылдьар араас элбэх кинигэлэр кэллилэр. Кэлэн уларсан киэһээҥҥи бириэмэҕитин оҕолоргутун, сиэттэргитин кытта бииргэ атаарыҥ.
«Успуорт көрүҥнэрэ» кинигэ ааптардара – успуорду, чөл олоҕу өрө тутар, иллээх дьиэ кэргэн Матаннановтар. Аҕалара Николай – национальнай многоборьеҕа, пауэрлифтиҥҥа, хотугу многоборьеҕа успуорт маастара. Ийэлэрэ Альбина йоганан дьарыктанар. «Успуорт көрүҥнэрэ» оҕолорго аналлаах кинигэлэрэ манна Саха сиригэр киэҥник тарҕаммыт успуорт 24 көрүҥүн туһунан кэпсэнэр; кырачаан успуорду таптааччылар Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларын туһунан билсиэхтэрэ; эти-сиини чэбдигирдэр хамсаныылары «Меморис» сыһыарыынан көрүөххэ сөп.
Саха уран дьарыга: Марина Никифорова, Сардана Жукова, Ирина Каратаева. Ойуулуур – дьүһүннүүр ускуустуба, иис – уус – өбүгэлэрбититтэн утумнаан кэлбит үгэспит. Билиэн – көрүөн баҕалаах оҕо бу кинигэттэн маһы ыллатар, хаамтарар дьоҕурдаахуустарбы сөбүлээн туттар мастараханныгын, саха норуота туоһу тоҕо ытыктыырын, тоҕо таҥас – сап харысхал бэлиэлэрдээх буоларын, оһуор – мандар суолталарын уонна да атын элбэҕи билиэҕэ.
«Оҕо тулаайах» дьиҥ былыргы олоҥхолор үгэстэринэн Аан дойду айыллыытын анаарыыттан саҕаланар, сир ийэ сиэрэй тииҥ тиҥилэҕин саҕаттан тэнийэн Орто дойду сирэ-уота хайдах үөскээбитин ойуулуур. Бүлүү улууһун олоҥхоһута Каратаев Василий Осипович тылыттан П.Н. Дмитриев суруйбут олоҥхотугар 15 саастаах уолан мүччүргэннээх, быһылааннаах сырыылара, бухатыыр быһыытынан буһан-хатан тахсыыта ойууланар. Оҕо олоҥхоҕо сөҥөн сылдьар төрөөбүт тылын баайын баһылыырыгар анаан быһаарыылаах тылдьыт оҥоһулунна. Ол тыллар тиэкискэ харанан бэлиэтэнэ сылдьаллар. Олоҥхо кэрэтэ, сүмэтэ, алыба истиигэ сытар, ол быһыытынан кинигэ кэннигэр баар QR-куодунан киирэн, олоҥхо аудиотун истиэххитин сөп. Толорооччу – олоҥхону толорууга өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүлгэлэр хас да төгүллээх кыайыылааҕа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх этээччитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Дархан оһуокайдьыта, ыччат ортотугар олоҥхону биир бастыҥ толорооччу Станислав Иванов.
Сир шарын ылан көрөр эбит буоллахха, ИРБЭТ ТОҤ Австралия эрэ материгар суох. Семен Готовцев «Ирбэт тоҥ кистэлэҥнэрэ» кинигэтиттэн кырачаан ааҕааччыларбыт Сахабыт сирин айылҕатын сүрүн уратытын туһунан элбэҕи билиэхтэрэ, саҥаны арыйахтара.
46 историй для детей и подростков о родном крае: от Омогой Бая до наших дней.
Быйыл бу бэлиэ сылга анаан кини «Булчуттар үгэстэрэ» диэн оҕолорго аналлаах кэпсээннэрэ, номохторо тахсыбыта. Норуот тапталын, биһирэбилин ылбыт классик суруйааччы аатын И.Н. Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын түмэлин сэбиэдиссэйэ С.Д. Копыленконы кытта үлэлэһэн үйэтиттибит. Манна барыта 10 айымньы таҥыллан киирбитэ. Олус тиийимтиэ тылынан суруллубут номох кэпсээннэртэн уол оҕо айылҕалыын алтыһа, булт үгэстэрин, албастарын иҥэринэ, айылҕа күүһүгэр итэҕэйэ, суруллубатах сокуон диэн тугун өйдүү үөрэниэҕэ. Уустук суолталаах тыллар быһаарыылара суругунан уонна ойуунан бэриллэр буолан, оҕо аахпытын хараҕар оҥорон көрөр кыахтанар.
«Дом, который путешествует/Көһө һылдьар дьиэ» — книга-сказка Софьи Беловой, вышедшая в 2023 году в издательстве «Айар» на двух языках (русский и долганский). Главный герой — долганский мальчик Сережа, который отправляется на целую неделю в тундру к дедушке. Его ждут удивительные приключения, необыкновенные открытия и настоящие, взрослые испытания.
Хомус аан дойду норуоттарыгар киэҥник тарҕаммыт музыкальнай тэрил буолар. Орто Азияҕа 2500, Японияҕа 1000 сыллааҕыта, оттон Австрияҕа сэттэ үйэ анараа өттүгэр оҥоһуллубут, оонньоммут хомустар көстүбүттэрэ бу тэрил түҥ былыгрыттан киһи аймах олоҕор-дьаһаҕар , итэҕэлигэр бигэтик киирбитин туоһулуур. «Алыптаах хомус» саха төрүт мусукаалынай инструменыгар үөрэтэр матырыйааллаах бастакы остуоруйа буолар. Бу остуоруйаҕа хорсун санаалаах нарын кыыс Кустукчаана саха дьонун, сирин-дойдутун быыһыыр санааттан ыраах мүччүргэннээх айаҥҥа турунарын туһунан кэпсэнэр…Кини туох дьиктини көрсөрүн, хайдах тургутуулары ааһарын уонна үтүө санаатын күүһүнэн тугу ситиһэрин кырачаан ааҕааччылар бу остуоруйаттан билиэхтэрэ. Оттон бүгүн либреттаҕа оҕолор уонна төрөппүттэр остуоруйаны илэ харахтарынан көрөн, тыыннаах муусуканы уонна хомус тыаһын истэн, алыптаах эйгэҕэ дуоһуйа сынньаннылар.
Кустукчаана оруолун ааптар Василена Шарина толордо, кэпсээнньити Россия уонна СӨ үтүөлээх артыыһа, СӨ норуодунай артыыһа Дмитрий Артемьев оонньоото. Ону таһынан «Бриллианты Якутии» үҥкүү ансаамбылын оҕолоро остуоруйаны олус киэргэттилэр. «Дьол» ансаамбыл тыыннаах муусуканан доҕуһуоллаата.
Бу – поэт Хабырыыс Ондороос оҕоҕо аналлаах бастакы кинигэтэ. Ойуутун-мандарын ааптар оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕоро, куйаар ситимигэр биллэр худуоһунньук Николай Мочкин (Elleyart) оҥорбут.
«Дьоруой уолаттарбыт оҕо саастара уонна хорсун быһыылара» диэн байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, Арассыыйа Дьоруойа үрдүк ааты ылбыт Александр Колесов (Нам), Алексей Неустроев (Уус Алдан), Филипп Евсеев уонна Дмитрий Егоров (Сунтаар) тустарынан кинигэ бэчээттэнэн тахсыбыта. Саха ньургун уолаттара оҕо эрдэхтэриттэн чугас дьонноругар, доҕотторугар үтүө сыһыаннарын, хорсун санааларын тэттик кэпсээннэртэн, ахтыылартан билиэҕиҥ.
В сказочном мире юкагирской писательницы читатель вместе с главными героями отправится в таинственный мир духов и шаманов древнего северного народа. Перед отважными юными героями приоткроется завеса знаний про древнее верование нунни – переселение души и бессмертие хороших людей.
Олохпутугар биир саамай күндү киһибит эһэбит үйэлээх тапталын бэлиэтиир истиҥ хоһоон хомуурунньуга. Кинигэҕэ тыа ыалын сайыҥҥы түбүгэ уонна эһэлээх эбэ сиэн оҕолоругар уйаҕас сыһыаннара иһирэхтик кэпсэнэр.
«Оотой-тоотой оҕолорго» төрөппүт оҕотугар ааҕарыгар. Кырачаан оҕо күннээҕи олоҕор туттар малларын таптыыр оонньуурдарын, аһыыр иһитин-хомуоһун, ону тэҥэ астарын уонна сэп-сэбэргэлин туһунан тэттик кээмэйдээх хоһооннор.
Алексей Татаринов-Удьурҕай уһуйаан, алын кылаас оҕолоругар аналлаах «Саха оонньуурдара» көрдөөх хоһооннорун кинигэтэ.
Воспитание юных патриотов начинается с книжных страниц, повествующих об истории родной страны, о её героическом прошлом. В книге в доступной форме рассказывается о полях сражения, прославивших русское оружие, о великих воинах России. В книге в доступной форме рассказывается о 15 великих победах в истории России, о сражениях, оказавших наибольшее влияние на развитие Российского государства.
24 биллэрэр-көрдөрөр карточка. Сэһэргэһии, хоһооннор, сорудахтар, таабырыннар, өс хоһооннор, бэргэн тыллар, тылы байытыы.
Бу олоҥхо билиҥҥи ааҕааччыга, чуолаан оскуола оҕолоругар, ыччакка ордук тиийимтиэ, өйдөнүмтүө тыллаах-өстөөх. Онон ыччат дьон олоҥхо киэҥ киэлитигэр, дириҥ эйгэтигэр киирэригэр тирэх буолар айымньы быһыытынан сыаналанар. Ону таһынан олоҥхону толоруон баҕалаахтарга туһалаах буолуоҕа диэн санаанан салайтаран, ааптар бэйэтэ толоруутуттан — сүрүн персонажтар ырыаларыттан быһа тардыылары QR-куот нөҥүө истиэххитин сөп. Оттон Юрий Борисов диэн билиҥҥи сахаҕа киэҥник биллэн эрэр ааты сүгэр кимий, кини бу саҥа кинигэтигэр тугу таһаартарда диир ааҕааччыларга олус хорутуулаах аан тылы ХИФУ бэрэпиэссэрэ, педагогика билимин хандьыдаата Галина Попова-Санаайа суруйбутун хайаан да ааҕаарыҥ. Мантан айылҕаттан айдарыылаах олоҥхоһут диэн кимин, «суол олоҥхото» диэн тугун билиэххит.