Муниципальное казенное учреждение культуры

Ожулунская модельная библиотека филиал №10

РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Дябыла, ул. Карла Маркса, 23

Саҥа кинигэ- саҥа сылга

«Саха суруйааччылара» Александр Тарасов. Педагог уонна уһуйааччы сылынан уопуттаах учуутал Александр Тарасов көмө ыйынньыгар: олохтоох төрүт омуктар литератураларын төрүттээччилэрин, норуот суруйааччыларын, бэйиэттэрин: мэтириэттэрэ; ыллыктаах тыллара; биллэр дьон этиилэрэ, сыанабыллара тэрээһиннэргэ, уруокка туһанарга ааптар анабыл хоһоонноро.

Кинигэҕэ биллиилээх бэйиэт, «Эркээйи» бырагыраамаҕа үлэлэспит, төрүт оскуолалары саҥардан сайыннарыы Кэнсиэпсийэтин олоххо биир бастакынан киллэрсибит улахан учуутал мөккүөрдээх олоҕун, тургутуулаах айар үлэтин туһунан кэпсэнэр. Киэҥ көрүүлээх, бары өттүнэн дэгиттэр суруйааччы, педагог санаатын аһаҕастык эппит түгэннэрэ ааҕааччыны кэрэхсэтиэ, умсугутуо. Василий Босяк прозаик быһыытынан биллибэтэҕэ, ол эрээри кинигэҕэ киирбит айымньылара кини бу хайысхаҕа дьоҕурдааҕын көрдөрөллөр.

Алтан Сарын — Саха маҥнайгы интэлигиэнсийэтин бэрэстэбиитэлэ, төрөөбүт тылбыт сайдар суолларыгар ураты көрүүлээх бастакы тыл үөрэхтээхтэриттэн биирдэстэрэ. Кини бар дьонугар анаабыт кылгас эрээри, чаҕылхай олоҕо сырдатыллар. Былатыан Ойуунускай бэлиэтээбитинии, «тыл күүһүн, тыл илбиһин талеру туппут» суруйааччы талыллыбыт кэпсээннэрэ, хоһоонноро, драмата аныгы ааҕааччы болҕомтотун тардыахтара эрэбил. Хомуурунньукка кини уустук дьылҕатын туһунан ахтыылар, архыып матырыйааллара; тылга сыһыаннаах дириҥ ис хоһоонноох ыстатыйалара уонна бу хорутуулаах үлэлэргэ П.А. Ойуунускай, П.В. Ксенофонтов, А.А. Иванов-Күндэ сыһыаннара киирдилэр.

В книге представлены архивные документы, статьи и воспоминания об Александре Габышеве. Он – один из организаторов масштабных экономических, социальных и культурных преобразований Якутской АССР в 1930-е годы. Александр Гаврилович внес неоценимый вклад в развитие государственности республики.

Александр Габышев – один из руководителей довоенной Якутии, является председателем редакционной комиссии Конституции республики 1937 года, действовавшем до 1977 г. Будучи председателем Центрального исполнительного комитета Якутской АССР 7 февраля 1936 г., Габышев выступил с обширным двухчасовым докладом на второй сессии ВЦИК XVI созыва в Большом Кремлевском дворце. В ее работе приняли участие все высшие руководители страны – И.В. Сталин, М.И. Калинин, В.М. Молотов, К.Е Ворошилов, С.М. Буденный, Г.К. Орджоникидзе и многие другие. Александр Гаврильевич выступил с докладом, посвященным экономической, социальной и культурной модернизации Якутской АССР. Впервые в истории высший орган власти страны заслушал обстоятельный и комплексный отчет о работе одной из национальных республик.

И.И. Николаев «Судьуйа аараан аартыктара». Саха тумус туттар киһитэ, ураты киэҥ ыырдаах киһи Игорь Игнатьевич Николаев мындыр, үтүө санаалаах, олус чиэһинэй уонна дьоҥҥо-сэргэҕэ махталлаах эйэҕэс сыһыаннаах ааптар алтыспыт дьонун туһунан сэһэргиир, бэйэтин уонна норуотун, дойдутун олоҕун дириҥник анааран көрөр.

Ол курдук кинигэҕэ ааҕааччы юристары уонна спортсменнары, суруйааччылары уонна норуот маастардарын, ураты айдарыылаах дьону кытта билсиһиэ.

Кинигэҕэ саха омук тумус туттар киһитэ М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ норуотун туһугар үлэлээбит үлэтин, хорсун олоҕун, дьонун-сэргэтин туһунан сонун суруйуулар, олук тыллара, араас кэмҥэ суруйбут ыстатыйалара, алтыспыт дьонун ахтыылара түмүллэн киирдилэр.

Серафим Романович Кулачиков- Эллэй. Айымньылар: сэттэ томнаах. Т. 2: Сэһэннэр, кэпсээннэр, драматическай айымньылар.

Саха литературатын саҥа кэрдиискэ таһаарбыт, сайдар суолун тэлбит Софрон Данилов «Сүрэх тэбэрин тухары» арамаана күн бүгүн ааҕааччы кутун тутар, суолтатын сүтэрбэт үйэлээх айымньы буолар. Ол кистэлэҥэ Софрон Данилов айар үлэтигэр дьоруойун ис дууһатын, туругун арыйан кини кимин-тугун, оҥорор дьыалатын ис санаатынан бигэргэтэн ааҕааччыны итэҕэтэригэр, айымньытын күүстээх психологизымнаах оҥоруутугар сытар.

Уран куттаах поэт Елизавета Мигалкина «Сарсыҥҥыга сурук» хоһооннорун хомуурунньуга. Кыараабыт көҕүскүҥ кэҥэтэриҥ, ыгылыйбыт санааҕыҥ налытарыҥ туһугар кинигэҕэ бэйэтигэр анал устуруокаларга дууһаҥ тугу сипсийэрин суруйуоххун сөп. Хомуһуннаах айымньы күүһэ эйигин уоскуттун, араҥаччылаатын-арчылаатын!

«Орто туруу-бараан дойдуга аныгы саха киһитэ куйаары кытта ситимин, глобализация үйэтин моһуоктарын туһунан санааларын Елизавета Мигалкина уу сахалыы тыыннаан, аллитерация тэтимигэр бобо тутан өбүгэ өйдөбүллэрин бигэргэтэр. Бу кинигэ – саха ааҕааччытыгар дьоһун бэлэх!»

Педагог, наставник, суруналыыс, уопсастыбаннай диэйэтэл Любовь Семеновна Аргунова «Ыал үөрэҕиттэн: «Эркээйи эргиирэ» бырагырааманан туһанааччы төрөппүттэргэ көмө-сүбэлэр» диэн кинигэтин, ыал педагогикатыгар ыытыллар үлэ туһунан кэпсиир.

Олох тыын проблематын хапытаал былааһа буолбатах, өй-санаа күүһэ быһаарыах тустаах. Киһи ис духуобунай күүһэ ядернай буомбатааҕар күүстээх. «Айар» кыһаҕа Иоган Максимов «Экодухуобунай Кут Дабаан тускула». Ханнык суолу тутустахпытына биһиги билиҥҥи кэм алдьатар, кэҕиннэрэр суоһуттан киһи, ыал, норуот быһыытынан өрүһүнэр кыахтаахпытый? Ааптар бу дьоҕус кинигэтигэр билигин сытыытык турар тыын боппуруостары көтөҕөр.

Хоту дойду дьикти, ураты, мүччүргэннээх олоҕун, кэрэ айылҕатын ааҕааччы киэҥ араҥатыгар арыйбыт, бэйэтин омугун укулаатын остуоруйаҕа үйэтиппит Арассыыйаҕа биллэр суруйааччы, педагог Мария Федотова-Нулгынэт «Таптал күүһэ» арамаанын салгыыта, 2-с чааһа.

Нулгынэт айымньылара автобиографическай хабааннаах буоланнар ааҕааччыны умсугуталлар. «Таптал күүһэ» арамаан 2-с чааһыттан ааҕааччы эбээн норуотун күнү айхаллыыр Нөргүнэк диэн сүрүн бырааһынньыгын, араас дьикти күрэхтэһиилэрин кытта билсиэҕэ, кутталлаах сундуук кистэлэҥин арыйыаҕа. Романы Нулгынэт өбүгэлэрин олоҕу хоһуйар, айылҕаҕа сүгүрүйэр, саргыны саҕар тойуктара, ырыалара киэргэтэллэр.

“Таптыыбын төрөөбүт дойдубун” хомуурунньукка төрөөбүт дойду туһунан ис хоһоонноох Өрөгөй ырыатыттан саҕалаан бтлтҥҥи кэм суруйааччыларын хоһоонноро талыллан киирдилэр. Бу хоһооннорго төрөөбүт төрүт буорбутуттан олох киэҥ аартыга саҕаланара кэрэтик хоһуллар

Сахаайа Ермолаева, «Тыалырар салгыннаах олоҕум». Стихи рано ушедшей поэтессы отличаются оригинальностью взглядов, глубиной философской мысли. Автор экспериментирует формами стиха, создавая прекрасные произведения в стиле рубаи и сонетов. Издание будет интересно всем любителям поэзии.

Сборник «Гунилгэн хоктолӣн» включает произведения победителей Первого литературного конкурса, посвященного 70-летию известного ученого, эвенкийской писательницы Галины Варламовой-Кэптукэ. Читатель познакомится с литературными произведениями различных жанров – стихов, рассказов, авторских сказок на эвенкийском языке. Эти произведения написаны как известными, так и начинающими авторами. Они проживают в Красноярском крае, Иркутской области, на Амуре и в Якутии.

«Верную ноту взять»Елена Овчарова. Поэзию автора отличает абсолютный слух к музыке слова, звука, ритму. В своих стихах она с удивительной тонкостью передает все глубинные, тончайшие грани чувств. Лирический герой неразрывно связан с природой, откликается в ней, гармонично живет в любой погоде, находя в каждом дне неожиданные образы и символы.

«Тыллыы» Мария Романовна Андреева. Эдэр ааптар дьоҕус хоһоонноругар олоҕу дириҥник анаарыыта, таайыллыбат таабырыны – тапталы хоһуйуута, аар айылҕа көстүүлэрин тыыннааҕымсытан дьүһүйүүтэ, олох бүппэт мөккүөрүгэр хоруйдары көрдөөһүнэ хомоҕой тылынан сонуннук ойууланар.

«Тыл үрдүк суолтата» Александра Васильевна Очирова. Академик, философия билимин дуоктара, үгүс кинигэ ааптара, поэт Александра Очирова айымньылара олоҕу бөлүһүөктүү анаараллар, киһи орто дойдуга туохха ананан кэлбитин, тыл үрдүк суолтатын туһунан судургута суох ыйытыыларга хоруй көрдүүллэр.

“Хомурахха хоммут хоһооннор” Ааптар номоҕон хоһоонноругар Ийэ дойдутугар, төрөөбүт сиригэр-уотугар тапталын хоһуйар, бу олоххо киһи буолан үөскээбит аналын ырыҥалыыр. Бэйиэт чочуллубут тыла-өһө, сааһыламмыт санаалара ааҕааччыны умсугуталлар, кэрэҕэ, сыр­дыкка угуйаллар.

“Хомурахха хоммут хоһооннор” Ааптар номоҕон хоһоонноругар Ийэ дойдутугар, төрөөбүт сиригэр-уотугар тапталын хоһуйар, бу олоххо киһи буолан үөскээбит аналын ырыҥалыыр. Бэйиэт чочуллубут тыла-өһө, сааһыламмыт санаалара ааҕааччыны умсугуталлар, кэрэҕэ, сыр­дыкка угуйаллар.

Кинигэҕэ “Саха сирин историятын” (1921–1923 сс.) уустук уонна ситэ үөрэтиллэ илик боппуруостарыгар 1960–1980 сылларга буол­бут өрөспүүбүлүкэ уонна Новосибирскай ис­то­риктарын мөккүөрдэрэ, утарсыылара, хардарыта ки­рии­ти­кэлэрэ кылгастык сыр­датыллар. ХХ үйэ са­ҥа­тынааҕы общес­твеннай-экономическай тутул, 1920-с сыл­ларга ыытыллыбыт «хаҥастыйыы» бэлиитикэтэ, 1921–1922 сс. партийнай сала­йыыга олорбут триумвират оруола, 1921–1923 сс. күөдүпчүлэммит гражданскай сэ­рии уратылара, Саха сирэ аптаныамыйаны ылыыга үлэлэспит нуучча омук бэрэстэбиитэл­лэрин оруола уо.д.а. боппуруостар сырдатылыннылар.

Николаев, Михаил Ефимович (1937-). Избранные труды : статьи и выступления : в 6 томах / М. Е. Николаев. Том 3. Сборник составлен из материалов (докладов) участников круглого стола «Роль Республики Саха (Якутия) в развитии российской федеративной государственности», проведенного 12 апреля 2022 г. в рамках празднования 100-летия образования Якутской АССР в Институте государства и права РАН в г. Москва. Организаторами круглого стола выступили Северо-Восточный федеральный университет им. М. К. Аммосова, Институт государства и права РАН, Якутское региональное отделение Ассоциации юристов России. В рамках круглого стола обсуждались актуальные вопросы вопросы государственно-правового развития Республики Саха (Якутия), теории и практики регулирования конституционных и разносторонних отраслевых правоотношений, связанных с развитием и укреплением российской федеративной государственности.

«Экспедиция. Өбүгэ аартыктарын арыйан.» Историческай наука доктора, профессор Розалия Бравина 1974 сылтан саҕалаан археологическай, этнографическай экспедицияларга үлэтин, бииргэ алтыспыт доҕотторун, ыраах түөлбэлээн олорор сахалар уонна олохтоох норуоттар төрдүлэрин-уустарын, олохторун-дьаһахтарын, итэҕэллэрин туһунан кэрэхсэбиллээх суруйууларын бу кинигэҕэ киллэрдэ.

“Дьолго дьулуһар буоллахха” Маисов, Семен Семенович. Силиһин-мутугун, төрдүн-төбөтүн умнан, төлкөлөөх түөрэҕэ олорбут сириттэн тэлэһийбит, төрөөбүт тылын, үгэһин ахсарбакка, төрүт эйгэтиттэн тэйбит киһи уйгулаах олоҕунан угуйа ыҥырар туспа-туора кытылга тиксэн, сирдээҕи дьолун булуо, кэрэ кэскилин уһансыа, чэчирээн-чэлгийэн, үүнэн-сайдан омугун аатын ааттатыа дуо?Бу тыын суолталаах ыйытыыга хоруйу талааннаах суруйааччы Сэмэн Маайыһап бу дьоһун айымнньытыттан булан, олоххо күүс биэрэр тыын, хараанныыр-араҥаччылыыр сүдү күүс кистэлэҥин арыйыаҥ…

А.Е. Захарова, А.А. Ермолаев «Олоҥхо: төрүт нэһилиэстибэ үөрэҕэ “Ытык Бичик”».

Саха норуотун баайа – олоҥхо. Тылынан уус-уран айымньыбытыгар саха киһитэ: сиэр-майгы өттүнэн сайдыыта (этика), кэрэни өйдүүрэ (эстетика), сөптөөхтүк тутта-хапта сылдьыыта (этикет), аан дойду үөскээһинин бөлүһүөктээһинэ барыта ырылхайдык көстөр. «Ытык Бичик» кинигэ ааптардара бу былыргы өйдөбүллэр көмөлөрүнэн саҥа кэм таһымыгар тахсан, биир кэлим үөрэх ситиминэн Олоҥхо уонна Айыы таҥара алтыһыытынан сонун, ураты көрүүлэрин киллэрдилэр.

Символы. Они сопровождают человечество с самого его зарождения и во все времена им уделялось особое внимание. И сегодня символы являются нам всюду, неся в себе сакральный, порой судьбоносный смысл. Какое еще занятие, как не разгадывание глубинных символов, может быть столь увлекательным и захватывающим, какой бы областью науки мы не интересовались? Бессознательное ли это явление или проявление высшей степени развития? В этой увлекательной книге читатель найдет множество самых неожиданных символов в их необычной интерпретации.

Якутия 2023 В издании представлены даты, отражающие важнейшие события политической, хозяйственной и культурной жизни республики. Календарь адресован библиотекарям, краеведам, работникам средств массовой информации, читателям, интересующимся историей и культурой родного края.

Кырдьыгы хайдах баарынан ким суруйарый? Хорсун киһи. Н.И. Максимов «Тыйаатыр. Дьиҥ кырдьыгынан» кинигэтин ааҕан баран сөхтүм. Дьон хорсуна кырдьыктаахтык суруйарыттан сөхтүм. Театр уһун кэмнээх историятын быыһын сэгэтэн суруллубут ыстатыйалар хас биирдиилэрэ киһи санаатын өрүкүтэр күүстээхтэр. Кэпсэнэр түгэннэр санааҕын кынаттыыллар. Артыыстар ардыгар курус дьылҕалара сүрэххин долгутар. Киһи дьылҕатыгар кэм-кэрдии, эргимтэ дьайыыта үгүһү толкуйдатар. Бар дьон туһугар олоруу бастыҥ холобура буолбут аарыма артыыстарбыт айан-тутан ааспыт олохторо, искусство аартыгын тэлэн биэрбит суоллара барыта Н.И. Максимов кинигэтигэр үйэтитиллибит. Хайдах баарынан. Күүстээх айымньылар, айылҕалаах артыыстар, айар-тутар дьон дьылҕата, турууласпыт туруулаһыыта барыта дьиҥ кырдьыгынан.

В книге на основе архивных документов повествуется об освобождении Новгорода в ожесточенных боях в январе 1944г. и о героическом участии в этой операции воинов-якутян. Восстановлены многие имена якутских солдат, отдавших жизнь за Родину. Книга — дань памяти нашим героям, патриотический урок нынешнему поколению. Предназначено всем, кто интересуется историей страны и народа, а также широкому кругу читателей.

«Я В ТЫЛУ НЕ ОСТАНУСЬ» Василий Данилов, герой моей книги, родился 19 февраля 1989 года в селе Борогонцы Усть-Алданского района Якутии, в доме по улице Окоёмова. В 2013 году Василий Данилов подписал военный контракт и служил в составе 14-й гвардейской отдельной бригады специального назначения города Хабаровска, в/ч 74854 Восточного военного округа Министерства обороны РФ. Был в числе лучших сотрудников. За преданность выбранному делу, ответственность и дисциплину его уважали сослуживцы и руководство воинской части. В 2015 году Василия назначили командиром 1-го отделения разведывательной группы 5-й роты.

«Театр. Якутия Ленинград» приуроченную к 80 летию полного снятия блокады с города Героя ЛЕНИНГРАДА и в память об 34 якутянах уехавших в Ленинград для учебы в театральном институте и которые когда фашисты напали на СССР не остались в стороне а пошли на фронт защищать родину.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *